Тапталлаах күндү оҕолорбут, ытык-мааны төрөппүттэрбит, убаастыыр аймах дьоммут‍‍! Эһиэхэ Билии күнүнэн – саҥа саҕахтары арыйар, кэскили кэҥэтэр, саргыны салайар өссө биир үөрэх дьылын бэлиэ күнүнэн айхал аныыбыт, уруй уунабыт, туску туһаайабыт. Оҕолорбут биир сыл өссө улаатан сатабыллара сайдарыгар, дьоҕурдара арылларыгар, өйдөрө тобулларыгар, билиилэрэ эбиллэригэр бары биир сомоҕо буола биир санаанан саҥа үөрэх дьылыгар үлэлиэхпит диэн эрэнэбит✊🏻. Оҕолор күннэтэ уһуйааҥҥа үөрэ-көтө кэлэ турдуннар, бары доруобай, чэгиэн буолуҥ!

С началом нового 2024-2025 учебного года. Всего вам всего самого хорошего!
“Кэнчээри” уһуйаан салалтата

Видео из торжественной встречи детишек мы разместили на странице “Для родителей”.